Ийэ уонна учуутал, мин санаабар, биир ситимнээхтэр. Хас биирдии ийэ бары учуутал оруолун толоробут. Тоҕо диэтэххэ, ийэ оҕотун төрөтөр эрэ буолбакка, олох араас сатабылларыгар үөрэтэр. «Ийэ» диэн үрдүк ааты сүгэр улахан ирдэбиллээх дьон буолабыт.
Ахсынньы 26-27 күннэригэр Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин уонна наукатын министерствота, С.Н. Донской аатынан учууталлар идэлэрин урдэтэр институт Саха сиригэр Ийэ сылын түмүктүүр учуутал ийэлэргэ өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэх ыытта. Бу күрэххэ оскуолабыт дириэктэрэ И. И. Малгаров кыттарга этии киллэрбитигэр сөбүлэспиппиттэн олох кэмсиммэппин.
Күрэх икки түһүмэхтэн турар этэ: Бастакы түһүмэх «Мин аналым – учуутал буолуу» диэн педагог быһыытынан үлэни тарҕатыы туһунан үллэстэн онлайн кэпсээһин, иккиһэ - «Мин элбэх оҕолоох ийэбин» диэн ийэ оруола уонна дьиэ кэргэн сыаннастарын туһунан сырдатыы видеоролик этэ.
Күрэх элбэх оҕолоох педагог ийэлэр социальнай суолталара үрдүүрүгэр, оҕону төрөтүү уонна иитии эппиэтинэстээх буолууга, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн сыаннастарын үрдэтии, өйөөһүн уонна тарҕатыы, дьиэ кэргэн айар-тутар үлэтин, үгэһин, оҕону иитии үрдүк суолталааҕын көрдөрүү уонна уопут атастаһыы диэн сыаллаах-соруктаах тэрилиннэ.
Барыта республика 13 улууhуттан 21 учуутал кыттыыны ылла. Бары араас предмет учууталлара буолаллар, үстүү-биэстии оҕолоох педагог-ийэлэр кыттыбыттара наһаа кэрэхсэбиллээх. Сыл түмүгүн отчуота, саҥа дьыллааҕы сүпсүлгэн диэн аахсыбакка, кылгас кэмҥэ сүрдээҕин кыһаллан бэлэмнэммиттэр. Бары даҕаны тахсыылаахтык үлэлииллэр, баай уопуттаахтар эбит диэн сыаналаатым.
Дьүүллүүр сүбэнэн үлэлээтилэр:
1. Алексеева Г.И., ЯРО ВОД «Матери России» салайар үлэ солбуйааччыта, ИРОиПК бастакы дириэктэри солбуйааччы, педагогическай наука доктора;
2. Павлов Н.М., экспертнэй бөлөх бэрэссэдээтэлэ, ИРОиПК дириэктэрэ;
3. Захарова Н.И., сопредседатель, үөрэҕирии уонна иитэр үлэ департаменын СӨ ДО МОиН салайар үлэ солб.;
4. Никифорова Е.С., иитэр үлэ кафедратын уонна ДО ИРОиПК сэбиэдиссэйэ;
5. Алешина Т.С., РЦ ПМСС дириэктэри солбуйааччы;
6. Дуткина Е.П., иитэр үлэ кафедратын уонна ДО ИРОиПК үрдүк преподавателя;
7. Федорова М.П., ИРОиПК методиһа;
8. Данилова М.П., ИРОиПК естественно-научнай үөрэҕин кафедратын салайааччыта.
9. Винокурова Н.П., МБҮөТ «В.А.Штыров аатынан Томпо многопрофильнай гимназия» нуучча тылын уонна литературатын учуутала, «Учуутал» номинациялаах «Холдинг Сахамедиа» норуот бириэмийэтин кэтэхтэн ыытыллыбыт күрэх кыайыылааҕа.
Күрэх түмүгүнэн 16 кыттааччы анал номинацияҕа тиксэннэр, түөскэ кэтэр үрүҥ көмүс значогунан уонна мэтээлинэн наҕараадаланнылар.
1 степеннээх диплом Горнай улууһун ДО «Центр дополнительного образования» учууталыгар Максимова Т.П. тигистэ.
2 степеннээх диплом Томпо улууһун Е.Е. Протопопов аатынан Саһыл орто оскуолатын иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Сидорова С.К. ылла.
Оттон мин 3 степеннээх диплом ылан үөрүүм муҥура суох.
Муҥур кыайыылааҕынан Мэҥэ-Хаҥалас улууһун В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын математика учуутала Харитонова П.А. буолла.
Дипломаннар уонна кылаан чыпчаал кыайыылааҕа харчынан премияланнылар, барыбытыгар уопут атастаһыыга туоһу сурук туттарылынна.
Түгэнинэн туһанан, миэхэ сүбэ-ама, күүс-көмө буолбут дьоммор махталбын тиэрдиэм этэ: Өлүөхүмэ улууһун үөрэх управлениятын методиһыгар Томская Е.И., оскуолабыт дириэктэригэр Малгаров И.И., информатика идэлээх уолбар Банчин Н.Л., саха тылын уонна литературатын методическэй бөлөҕөр, биир идэлээхтэрбэр уонна миэхэ ис сүрэхтэриттэн ыалдьыбыт дьоммор-сэргэбэр.
Олус үчүгэй, киһини сэргэхситэр, үрдүк таһымнаах күрэх буолан ааста. Күрэҕи иилээн-саҕалаан ыыппыт тэрийээччилэргэ махтанабын. Маннык тэрээһиннэр ыытыллар буоланнар биһиги сайдабыт, элбэххэ үөрэнэбит, уопут атастаһабыт уонна билсэбит.
Үүнэр сыл барыбытыгар үчүгэйи эрэ түстээтин, өссө даҕаны элбэх ситиһиилэри, сэргэх сонуннары аҕала турдун. Барыгытыгар дьолу-соргуну, кытаанах доруобуйаны.
А.Л. Бахсыырап аатынан Кыыллаах орто оскуолатын
саха тылын уонна литературатын учуутала Банчина А.А.
|